dcsimg

Хахай ( Sakha )

provided by wikipedia emerging languages

Хахай (Panthera leo) диэн Felidae ыалын ахсааныгар киирэр, Panthera ууhун түөрт улахан куоскаларыттан биирдэстэрэ. Атыыр хахай ардыгар 250 кг дылы ыйааhыннаах буолуон сөп, куоскалартан баабыр эрэ ордук ыарахан. Айылҕаҕа хахайдар Африкаҕа (Сахараттан соҕуруу) уонна Азияҕа (хотугулуу-арҕаа Индияҕа) олороллор. Хахайдар плейстоцен үйэтигэр үөскээбиттэрэ. Былыр Африка үгүс өттүгэр, Эуразияҕа (Арҕаа Эуропаттан Индияҕа дылы) уонна Америкаларга (Юконтан Перуга дылы) олорбут эбиттэр.

Хахайдар 20 сыл кэриҥэ уhун олохтоохтор. Саваннаҕа, оттоох уонна уктаах сиргэ, тыаҕа бааллар. Хахайдар үөр (прайд) буолан олороллор, үөргэ элбэх тыhы уонна хас да саастаах атыыр баар. Үксүн тыhы хахайдар бултууллар, бастатан туран туйахтаах кыылларга. Аччык эбэтэр ыарыhах хахай киhиэхэ саба түһүөн сөп.

Сиэллээх атыыр хахай төбөтө, дьон культуратыгар баар кыыл бэлиэлэриттэн ордук тарҕаммыттартан биирдэстэрэ: литератураҕа, скульптураларга, ойууларга, дойдулар былаахтарыгар уонна киинэҕэ.

license
cc-by-sa-3.0
copyright
Wikipedia authors and editors