Бүтэй туйахтаахтар (лат. Perissodactyla) — бөдөҥ уонна олус бөдөҥ сиргэ үөскүүр үүтүнэн иитиллээччилэр аймахтара. Ыыраахтаах туйахтаахтартан (Artiodactyla) уратылара диэн туйахтара чүөтүнэйэ суох ахсааннаах тарбахтартан үөскээбит.
Аймахха билигин үс кэргэн киирэр — сылгытыҥылар (Equidae), носорогтуҥулар (Rhinocerotidae) уонна тапиирдыҥылар (Tapiridae), холбоон 17 көрүҥнээхтэр. Бэйэ бэйэлэриттэн улахан уратылаах кыыллары аан бастаан Ричард Оуэн XIX үйэҕэ уруулуу буолалларын дакаастаабыта. Кини бу бөлөххө аат биэрбитэ - паарата суох туйахтаахтар (ааҥл. odd-toed ungulates, нууч. непарнокопытные).