dcsimg
長頜北鮭的圖片
Life » » Metazoa » » 脊椎動物亞門 » » 輻鰭魚總綱 » » 鮭科 »

長頜北鮭

Stenodus leucichthys (Güldenstädt 1772)

Тууччах ( 薩哈語 )

由wikipedia emerging languages提供

Тууччах (лат. Stenodus leucichthus, нууч. Нельма) — минньигэс эттээх, хаптаҕайдыҥы быһыылаах бөдөҥ өрүс балыга.

Саха сиригэр уһуна 162 см, ыйааһына 49 киилэҕэ тиийэр. Орто кээмэйэ — 50-100 см, ыйааһына 2-9 кг.

Лаптевтар уонна Илин Сибиир байҕалларыгар түһэр өрүстэргэ барыларыгар уонна тууһа суох байҕал кытылын ууларыгар үөскүүр. Үксүн аллараа өттүгэр баар эрээри үөһэ тахсар. Холобур, Анаабыр өрүскэ Дьаакып үрэҕэр диэри, Өлөөҥҥө Бур үрэххэ дылы, Дьааҥыга ортотугар тиийэр. Өлүөнэҕэ сүрүннээн аллараа, орто сүүрээнигэр үөскүүр, ол эрээри Битиимҥэ дылы тиийэ көстөр.

Аһылыга

Майаҕастартан соҕотох аҥардастыы сиэмэх балык.

Эбии көр

Анды балык

Ылыллыбыт сирэ

Пресноводные рыбы, земноводные и пресмыкающиеся Якутии: Справочник-опеределитель. Б.И. Сидоров, М.М. Тяптиргянов. - Якутск: Бичик, 2004. - 64 с., ил. ISBN 5-7696-1590-7

許可
cc-by-sa-3.0
版權
Wikipedia authors and editors
原始內容
參訪來源
合作夥伴網站
wikipedia emerging languages