dcsimg
<i>Agaricus silvicola</i> resmi

Mantarlar

Fungi

Тэллэйдэр ( Yakutça )

wikipedia emerging languages tarafından sağlandı
 src=
Тэллэйдэр

Тэллэйдэр (лат. Fungi эбэтэр Mycetalia) диэн эукариот организмнар хоруоллуктара.

Барыта 100 тыһыынча кэриҥэ көрүҥ киирэр, сорох дааннайдарынан балтараа мөлүйүөнтэн тахса көрүҥ.

Тэллэйдэр органиканнан аһылыктаналлар, ол аата үүнээйилэр уонна харамайдар сэймэктэринэн эбэтэр ардыгар тыыннаах сааныктарынан (килиэккэлэринэн). Тэллэй этэ-сиинэ сип-синньигэс гиф диэн ааттанар саптартан турар. Грибница (тэллэй сир аннынан тарҕанар силиһэ) эмиэ гифтартан турар. Гифтар туох баар иэннэринэн иҥэмтэлээх эттиктэри иҥэринэллэр. Аһыыр ньымаларынан тэллэйдэр харамайдартан да, үүнээйилэртэн да атыннар.

Тэллэйдэр хоруоллуктара икки хоруоллук үөдүҥүттэн турар: Слизевиктар (Миксомицеталар) уонна Дьиҥнээх тэллэйдэр. Дьиҥнээх тэллэйдэр Алын уонна Үрдүкү тэллэйдэргэ арахсаллар.

Тэллэйдэр аныгы систематикалара

Арассыыйа микологтара үксүлэрэ тутуһар[1] классификациялара маннык.

Хоруоллук аҕыс салааҕа арахсар:

  • Миксомицеталар
  • Плазмодиофоромицеталар
  • Оомицеталар
  • Хитридиемициеталар
  • Зигомциеталар
  • Аскомицеталар
  • Базидиомицеталар — сиэнэр тэллэйдэр манна киирэллэр.
  • Дейтеромицеталар

Быһаарыылар

  1. Грибы Якутии. Угаров Г.С. уонна соавт. Дьокуускай: Бичик, 2009. ISBN 978-5-7696-3120-7
lisans
cc-by-sa-3.0
telif hakkı
Wikipedia authors and editors