dcsimg

Аһыҥас саһархай ( Sakha )

provided by wikipedia emerging languages
Chalciporus piperatus JPG1.jpg

Аһыҥас саһархай (лат. Suillus piperatus (Fr.) O. Kuntze, нууч. Масленок перечный) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр тэллэй.

Кураайы бэс уонна ардыгар харыйа, булкаас ойуурдарга Саха сиригэр барытыгар үүнэр.

Оҥоһуутун ойуулааһын

Сэлээппэтэ: кыра, 8 см дылы, көппөҕөр, салахайдаах, көнө ньуурдаах, өҥө араҕастыҥы буурай, дьэстиҥи кыһыл, оранжевайдыҥы хоҥор. Сииктээххэ сыстаҥанас салыҥнаах, курааҥҥа килэбэчийэр.
Туруупкалаах араҥата: кытархай
Атаҕа: кытаанах, 8 см уһуннаах, көнө эбэтэр токур.

Хомуллар кэмэ

От ыйабалаҕан ыйа

Туттуллуута

Сибиэһэйдии сиэнэр, тууһанар, маринуйданар. Хатарыллыбыт, ньыһыллыбыт тэллэйи биэрэс оннугар тума быһыытынан эмиэ тутталлар.

license
cc-by-sa-3.0
copyright
Wikipedia authors and editors

Аһыҥас саһархай: Brief Summary ( Sakha )